«Оһуордаах оһуохай үҥкүүтэ» улуустааҕы оһуохай күрэҕэ
Быйыл Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн уонна Сахабыт сиригэр оҕо саас сылын чэрчитинэн Бороҕоҥҥо Олоҥхо дьиэтигэр бөдөҥ фольклорист учуонай, эпосовед, филологическай наука кандидата, Саха АССР наукаларын үтүөлээх деятелэ Иннокентий Васильевич Пухов төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах «Оһуордаах оһуохай үҥкүүтэ» улуустааҕы оһуохай күрэҕэ ыытылынна. Күрэххэ түөрт бөлөҕүнэн барыта 9 оһуохай этээччи биэс нэһилиэктэн: Мүрү, Суотту, Өлтөх, Курбуһах, 2-с Лөгөй кытынна. …