Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылынан «Өрөгөй» оһуохайа

Муус устар 27 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө Саха буолан сатараабыт, урааҥхай буолан тэнийбит үбүлүөйдээх Өрөгөй күммүт үүммүт күнүгэр, Уйгу Сирэ Уус Алдан улууһун килбэйэр киинигэр, Мүрү алаас томтойор туонатыгар, «Лөгөй» аатынан киин болуоссакка, үөрүүлээх тэрээһин, ону тэҥэ «Өрөгөй» оһуохайа ыытылынна.

Үөрүүлээх тэрээһин аhыллыытыгар улуус баһылыга Алексей Васильевич дойдутун дьонугар эҕэрдэтин эттэ.

Күргүөм оһуохай «Найахылыы» оһуохайынан са5аламмыта.
Оһуохайы Олоҥхо дьиэтин специалиһа Ньургуйаана Никитина таһаарбыта, онтон «Сүр көтөҕүү» оһуохайын таһаардылар саҥа тэриллэн эрэр этно бөлөх чилиэттэрэ Айаал Аргунов, Александр Гоголев, Дуолан Бочкарев, Гаврил Свинобоев, Константин Слепцов, Павел Охлопков. Тэтим биэрэн күпсүүрүнэн доҕуһуоллаатылар Петр Копырин, Артур Свинобоев.

Улууспут олохтоохторо бары биир сомоҕо буолан Өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 сылын уруйдаан-айхаллаан оһуохайдаан көрсүстүлэр!