Уус-Алдан Баатаҕайыгар Прокопий Наумович Соловьев — Намыын олоҥхоһут төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах ОЛОҤХО ыһыаҕа буолара биир ый хаалла.

Ол курдук, бэс ыйын 8 күнүгэр, Олоҥхо ыһыаҕар өрөспүүбүлүкэбит араас улуустарыттан норуот талааннаахтара Баатаҕай сиригэр түмсүөхтэрэ, олоҥхо, оһуохай, тойук, дэгэрэҥ ырыа, саха таҥаһын күөн күрэстэригэр, маны сэргэ илии — атах оонньууларыгар бастыҥнары быһаарсыахтара.

Бүгүн, ыам ыйын 8 күнүгэр, улуустааҕы Олоҥхо Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, улуус баһылыгын солбуйааччы Михаил Васильевич Борисов салайааччылаах тэрийэр хамыыһыйа миэстэтигэр тахсан ыһыахха бэлэмнэнии боппуруостарынан мунньах ыытан кэллэ.

Поделиться в социальных сетях:

Читайте также